«Буукубаар, быраһаай!» бырааһынньык сценарийа 1 кылаас
Муниципальное казенное общеобразовательное учреждение
«Средняя общеобразовательная школа им.Егора Мыреева» с.Беченча
«Буукубаар, быраһаай!»
бырааһынньык сценарийа
1 кылаас
Сценарийы суруйда
алын сүһүөх кылаас учуутала:
Матвеева Анфиса Сергеевна
Олунньу ый, 2024с.
Буолар күнэ-дьыла: олунньу ый
Буолар миэстэтэ: 1 кылаас кабинета
Сыала: оҕолорго үѳрэххэ интэриэһи үѳскэтии
Соруктара:
Yѳрэнээччилэр билиилэрин хаҥатыы, эбии билэргэ туһаайыы;
Оҕо саҥарар саҥатын салгыы сайыннарыы, тылын саппааһын байытыы,
Оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы;
Кыттааччылар: ыытааччы, 1 кылаас оҕолоро, төрөппүттэр, оскуола директора, иитээччи.
Туттуллар матырыйааллар: оҕолор үлэлэрин выставката, хас биирдии оҕо сүүһүгэр кумааҕыттан оҥоһуллубут Буукуба, презентация «Буукубаар, быраһаай!», туоһу суруктар, музыка.
Бырааһынньык хаамыыта
I. Киирии чааһа.
Биһиги оскуолаҕа бастакы эппиэтинэстээх, сыл аҥарбытын атаардыбыт. Биһиги «Оскуола» диэн тугун биллибит, элбэххэ үөрэннибит. Уонна бүгүн биһиги көрдөрүөхтээхпит туохха үөрэммиппитин, тугу билбиппитин, тугу сатыырбытын.
Билигин бастакы кылаас үөрэнээччилэрин ыҥырыаххайыҥ (музыка тыаһыыр оҕолор киирэллэр). Ол курдук көрсүөҕүҥ 1 кылаас үөрэнээччилэрин.
Күндү оҕолор, төрөппүттэр, ыалдьыттар! Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн. Биһиги оҕолорбут үөрэх сырдык аартыгар маҥнайгы үктэли дабайан, бастакы кинигэбитин «Букубаары» бүтэрбит күммүт буолар.
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолабыт боруогун аан бастаан атыллаабыппыт. Кылгастык саныы түһүөхэйиҥ эрэ (слайдары көрдөрүү).
Билии күнүгэр бастакы чуораан чугдаарбыта, оҕолору уруокка ыҥырбыта. Үөрэх аартыгар бастакы хардыылар оҥоһуллубуттара.
Онтон бүгүн Букубаары бүтэрбит үөрүүлээх күҥҥэ кэллибит, сурук – бичик араас кистэлэҥнэрин биллибит, ааҕарга үөрэннибит.
Дорҕоонтон буукуба таһааран,
Буукубаттан тыл оҥорон,
Аахтыбыт биһиги суругу,
Бүтэрдибит букубаары.
Буукубалары барытын үөрэттибит: аахтыбыт, суруйдубут. Онно биһиэхэ «Буукубаар» кинигэбит көмөлөстө. «Буукубаар» биһиэхэ буукубалары эрэ билиһиннэрбит буолбатах. Эйэлээх, аһыныгас, үтүө санаалаах, үөрүнньэҥ буоларга эмиэ үөрэттэ.
Оҕолор сүрдээҕин долгуйаллар. Тоҕо диэтэргит, кинилэр бүгүн туохха үөрэммиттэрин, тугу билбиттэрин көрдөрүөхтэрэ.
II. Сүрүн чааһа
Буукубалар туһунан хоһооннору ааҕыы
Буукубалар кыргыттар,
Буукубалар уолаттар
Сорохторо мэниктэр,
Сорохторо корсуолэр.
Ол эрэн кинилэр
Сурдээх эйэлээхтэр,
Кэккэлэhэ эрэ турдаллар
Кэпсээбитинэн бараллар.
Саха алпаабытыгар хас буукуба баар этэй? (40). Биһиги буукубаны хайыыбытый? (көрөбүт уонна суруйабыт). Онтон дорҕоону? (истэбит уонна саҥарабыт)
Оҕолоор, кѳрүҥ эрэ, бу буукубалар туһунан тугу этиэххит этэй? (аһаҕас дорҕоон буукубалара).
Аан бастаан биһиги аһаҕас дорҕооннору үөрэппиппит. Хас аһаҕас дорҕоон баар этэй, саха тылыгар? (8)
Онтон уһун аһаҕас дорҕоон? Дьуптуон? Ханныктарый? Ааттаталааҥ.
2. Мин билигин эһиэхэ сорудахтаах карточка биэриэм. Сорудаҕы болҕомтолоохтук истэбит: кылгас аһаҕас дорҕоону уһун аһаҕас дорҕооҥҥо солбуйан суруй (сас - саас, быс - быыс, тур - туур, тис - тиис ). Ханнык тыл таҕыста? Тыллары пааралаан аах. Маладьыастар!
Дьэ, билигин аны бүтэй дорҕооннорбутун санатыһыаҕыҥ эрэ.
Саха тылыгар хас бүтэй дорҕоон баарый? (19)
Бүтэй дорҕооннору хайдах араарабытый? (ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох)
Хас хоһуласпыт бүтэй дорҕоону билэҕитий? (11). Ханныктарый?
Өссө хайдах бүтэй дорҕооннор бааллар этэй? (сэргэстэспит, маарыннаһар). Маладьыастар!
3. Билигин эмиэ сорудахтаах карточка биэриэм. Сорудаҕын эмиэ болҕойон истэбит: хоһуласпыт уонна сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору аннынан тарт (туллук, сэттэ, массыына, оонньуур, сэргэ, анды, чааскы, сырдык).
Бары бэркэ диэн бүтэй дорҕооннору билэр эбиппит.
Онтон саха алпаабытыгар сахаларга эрэ баар ханнык дорҕооннору билэҕитий? (ү,ө,ҥ, нь, дь, һ, ҕ)
4. Саха төрүт дорҕооннорун буукубаларын туһунан хоһооммутун ааҕан иһитиннэриэххэ эрэ (оҕолор хоһоон ааҕаллар)
Ө
Өрүс уута ып - ыраас
Өрүү кини сып - сылаас,
Өҥөс гынан көрбүтүм
Өлгөм эбит балыга.
Ҥ
Ҥ тылга кыбыллар
Ҥ тиһэх тэбиллэр,
ХатыҤ,ТэтиҤ
чэйиҤ эрэ
ТэҤҤэ бииргэ ТэйиҤ эрэ.
Һ
Һай Һай көһүүн көлөм
Һат Һат түргэнник,
Һок Һок бырдах түстэ
Һуу дьэ кэлэн ыстаата.
Ҕ
Ҕ-тан иҥнэн турабын,
Ҕ-тан тылы булбатым,
ДорҔооннорго арай кини
ДоҔуһуоллаан иһиллэр,
АҔаа аҔал дэһэннэр
АҔас - балыс этэллэр.
АлҔас эбит ааҔарга
АҔыс ахсаан ааҔыллар.
Ү
Үгүс элбэх минньигэс
Үүттэн аһы астыыбыт,
Үрүт өттүн оргутан
Үрүмэтин ылабыт,
Үүтү иһиҥ оҕолоор
Үтүө ,күүстээх буолуоххут.
Үчүгэйиэн үрүҥ ас,
Үрүлүйдүн үрүҥ илгэ.
Дь
Дьэдьэн бөҕө кытарбыт
Дьикти сыта дыргыйбыт,
Дьүөгээ, бииргэ үргүөххэ
Дьоро күҥҥэ үөрдүөххэ,
Оҕолорбут хоһооннорун наһаа үчүгэйдик аахтылар, ытыспытын таһынан биэриэҕиҥ.
Букубаарбыт наһаа үөрдэ уонна бэйэтин анал ааттарын туттарар.
Бастыҥ буочар –
Бастыҥ хоһоон ааҕааччы –
5. «Букубаар» хоһоон этэр:
Дорҕооннору үѳрэттим,
Буукубулары биллэрдим,
Элбэх тылы суруйтардым,
Этии, кэпсээн аахтардым.
Yгүс ойуу кѳрдүгүт,
Yѳрэн-кѳтѳн сѳхтүгүт,
Кэрэхсээҥҥит, сэргээҥҥит,
Кэпсээннэрбин биллигит.
Таптаан хоҺоон аахтыгыт,
Таабырыммын таайдыгыт.
Аны араас кинигэни,
Ааҕа сылдьыҥ эҺиги,
Умсугуйан үѳрэниҥ,
Оскуоланы бутэриҥ,
Ол эрээри бука бары,
Умнаайаҕыт Букубаары.
6. Ырыа
Букубаарга махтанан аны ырыабытын ыллыахха “Ааҕар буолан үөрэбин” (оҕолор ырыалара)
7. «Саха тыла» сорудахтара:
Букубаары бүтэрдибит. Аны эһиги атын кинигэлэри ааҕыаххыт. Билигин кинилэри кытта билсиэҕиҥ. Бу учебник аатын ааҕыҥ эрэ. (Саха тыла)
Саха тыла:
Мин саха тыла диэммин.
Таба суруйарга үөрэтиэм,
Ылбыт билиигитин чиҥэтиэм,
Быраабылалары биллэриэм.
Оҕолоор, саха тыла сорудахтаах кэлбит.
Фишкаларга сѳп түбэһэр тыллары бул
2) Тыллары таьаарыҥ
3) Ребустары таайыы
Эппиэттэрэ: кустук, атас, баҕарар, күлүүс
«Саха тыла» үѳрэнэр кинигэ эһиги билэргититтэн астынна уонна бэйэтин анал аатын туттарар:
Өркөн өй –
8. Литература ааҕыыта сорудахтара:
Мин литература ааҕыыта диэммин.
Миэхэ бааллар араас үчүгэй кэпсээннэр,
Таабырыннар, ырыалар, уруһуйдар.
Элбэх сонуну аа5ыаххыт,
Кэрэни-дьиктини билиэххит.
Мин таабырыннарбын таайыҥ эрэ, оҕолоор:
1). Саҥа дьиэни мин бүгүн
Сүгэн кэллим кылааспар,
Олороллор ол дьиэҕэ
Тэтэрээт, уруучука, кинигэ (суумка)
2 )Арыйан истэх аайы
Абылыыр кэрэ дьиктилээхпин
Өй санаа дыбарыаһабын
Өҥнөөх суумка дьиэлээхпин
Хайа ким билэрий?
Хайалара эбиппиний? (кинигэ)
3). Оллур- боллур оҕолор,
Олоро түстүлэр эрэ,
Кэпсээбитинэн бараллар үһү (Буукубалар)
4).Үөрэҕим суох да буоллар,
Үйэм тухары суруйабын диир баар үһү (уруучука)
5). Хара Уйбаан мас ырбаахылаах
Ханна муннун таарыйар да
Бэлиэни оҥорор баар үһү (харандаас)
Ɵс хоһоонун ааҕыҥ:
2 ни | 5 Һи | 3 гэ | 8 ро |
4 ки | 7 ҕо | 1 ки | 6 до |
Эппиэтэ: Кинигэ - киһи доҕоро.
Кинигэ биhиэхэ элбэҕи кэпсиир, элбэххэ үөрэтэр. Элбэх кинигэни аахтаххына, үгүһү өйдүөҥ, элбэҕи билиэҥ.
Билигин, оҕолор, ыалдьыттарбытыгар ааҕан иhитиннэриэхэйиҥ эрэ. (Карточкалары түҥэтэбин. Биир биир ааҕаллар).
Литература ааҕыыта үѳрэнэр кинигэ үѳрдэ уонна эһиэхэ анаан номинациялары бэлэмнээбит.
Бастыҥ ааҕааччы –
Кичэйэн ааҕааччы –
Дьулуурдаах ааҕааччы –
Литература ааҕыыта үѳрэнэр кинигэ эһиэхэ баҕа санаатын этэр:
Кинигэҕит ойуутун
Кэрэхсээҥҥит кѳрѳѳрүҥ,
Кинигэҕит лиистэрин
Киртиппэккэ туттаарыҥ.
III. Түмүк
Оҕолоор, биһигини ааҕарга-суруйарга үөрэппит бастакы кинигэбитин – Буукубаары кытта арахсар кэммит тиийэн кэллэ. Букубаарбытыгар Махтал тылбытын бары бииргэ этиэҕиҥ:
Бастакы кинигэбит,
Букубаар барахсан!
Yѳрэппит ѳҥѳҕүн
Ɵрүүтүн ѳйдүѳхпүт.
Баhыыба, баhыыба
Букубаар барахсан!
Биһиги оҕолорбут Букубаар кѳмѳтүнэн буукубалары үөрэтэн ааҕар, суруйар буолбуттар. Өссө да элбэх кинигэлэри кытта доҕордоһуохтара, саҥаны билэн сайдыахтара. Кинилэргэ ситиһиини баҕарыаҕыҥ!
Оскуолаҕа киириэхпититтэн номнуо 6 ый аааста. Эһиги хайдах үөрэнэ сылдьаргытын оскуолабыт директора куруук интэриэһиргиир, ыйыталаһар. Ситиһиилэргитин истэн үөрэр. Кини эмиэ эһигини эҕэрдэлии кэллэ. (директор эҕэрдэлиир, учуутал бэлэмнээбит «Букубаары бутэрдилэр» диэн дипломнары туттартыыр).
Биһиги туохха үөрэммиппитин, төһө улааппыппытын көрөн үөрбүт күндү иитээччибит баҕа санаатын истиэҕиҥ.
Эһиэхэ кыһаллан, үөрэнэр тээбириҥҥитин ылан биэрэр, уруоккутун аахтарар ким буоларый? (ийэлэрбит). Билигин бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэ тылларын тиэрдиэхтэрэ саамай күндү дьоҥҥут, төрөппүттэргит.
Мин үөрэнээччилэрбин эмиэ бу үөрүүлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлээн туран эһиэхэ бэйэм сэмэй бэлэхтэрбин туттарыахпын баҕарабын. Уонна өссө кыһанан үөрэнэргитигэр, элбэҕи ааҕан билиигит күн аайы элбээн иһэригэр баҕарабын.
Бырааһынньыкпытын түмүктээри туран оҕолорбутугар бастакы үрдэли ылбыттарынан дуоһуйан хаалбакка өссө да үгүс үрдэллэри, ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.
Бука бары төрөппүттэргэ, ыалдьыттарга үгүс ситиһиилэри, дьолу-саргыны баҕарыаҕыҥ. Манан биһиги дьоро киэһэбит түмүктэнэр. Көрсүөххэ диэри!