Занятие «Заготовка бересты»
“Туос” куруһуогун силбэспит дьарыга
Монастырева П.В., “Туос” куруһуогун салайааччыта
Тиэмэтэ: “Туоһу таңастааһын”
Сыала:
Хатыҥтан туоһу хастыыр анал алгыһы үөрэтии, толоро үөрэнии;
Туоһу ыраастааһын;
Ыас оноро үөрэнии;
Саха норуотун сиэрин-туомун билсии;
Билбити олоххо туттар үөрүйэ5и олохсутуу;
Түмсүүлээхтик, айымньылаахтык бөлө5үнэн үлэлии үөрэнии;
Билиини, толкуйу сөптөөхтүк туһаныы, бэйэ санаатын аһа5астык этии;
Оҕолорго үлэ араас ньымаларын үөрэтии, үлэ ис хоһоонун билбиттэн сиэттэрэн таһаарыы;
Дьарык тэрилэ: хатың чаран уруһуйа, кыракый холумтан-оһох оттууга, чугуун иһит, туостар, көрдөрөн үөрэтэр тэриллэр, анал резактар, хатың чөңөчөктөр, -кыптыыйдар;
Сатабыла:
Алгыһы этэ үөрэнии.
Туоһу хастааһын
Туоһу ыраастааһын
Туоһу кырыйыы
Ыаһы оңоруу
Туһаныллар литература:
О5ону сиэргэ-туомна уһуйуу. Учебно-методическая литература.Якутск, Центр культуры и искусства им. А.Кулаковского Министерства культуры Республики Саха (Якутия), 1992.
Алексеев Э.А. Талах ынахтан са5алаан. Методическое пособие. ЦК и И им. А.Кулаковского Министерства культуры Республики Саха (Якутия), 1993 г.
Игнатьев И.П. Туостан, мастан оноһуктар утумнара: (үөрэтэр пособие)/ И.П.Игнатьев. (научн.ред.П.П.Кондратьев).-Дьоукуускай: Саха полиграфиздат, 2004.-56с.
Хаһыат вырезкалара.
«Чолбон» - көрдөөһүннэр, булуулар, арыйыылар- «Төрүт сирбит төрүт маһа»
Дьарык былаана:
Тэрээһин чаас
Хатылааһын
Саңа тема
Чиңэтии
Дьиэ5э үлэ
Түмүк
Дьарык хаамыыта:
I. Тэрээһин чаас:
Э5эрдэлэһии
Суох о5ону бэлиэтэээһин
Кылаас уруокка бэлэмин бэрэбиэркэлээһин
II. Билэри тургутуһуу:
Туостан оноһуллар иһиттэри көрүү, ааттарынан ааттааһын, ким төһөнү билэр эбитин истии.
Үүт туос иһиттэргэ уһуннук аһыйбат буолар эбит. То5о буолуой?
Үүт кутуллар иһитин билэ5ит дуо?
Сайыңңы сир аһын ким туос ыа5аска хомуйарый? Ураты сытын-сымарын бол5ойбуккут дуо?
Дьарык хаамыыта:
III. Саңа тема:
“Туос” куруһуок – Прасковья Владимировна:
- Хатыңы хастыырга бэлэмнэнии кэмэ диэн баар - бэс ыйын 10 күнүттэн от ыйын устата, анал сири булуу-дэриэбинэттэн тэйиччи, элбэх хатыңнаах сир буолуохтаах.
( -Хатыңнаах уруһуй туттуллар;
- Бу этап экологическай ис хоһоонноох буолуохтаах;)
Төрүт культура - Варвара Алексеевна:
- Холумтаңңа оһох оттон сыт-сымар таһаарыы; (Уот иччитигэр сыһыан;)
- Алгыс этии: -анаан оңостон тиийэбит: -Туоһу хастыырга көрдөһүү алгыһы билии;
Күндү киэргэл субабын
Хастаата диэн хараастыма
Ата5астаата диэн айманыма
Хомотто диэн хоргутума
Саха төрүт дьарыгын
Сал5аан дьонно тиэрдээри
Эн кэрэ5ин көрдөрөөрү
Үйэлээх иһит оңостоору
Бастыңсиргэ уураары
Арыы саһыл суба5ын
Оргууй сыыйа хастыырга
Күһэлинним бу бүгүн.
(Алгыс кэмигэр туттуу-хаптыы оруола)
“Туос” куруһуок – Прасковья Владимировна:
- Хатыңы талан ылыы-хастааһын (быһа5ынан сэрэнэн туттуу быраабылаларын билсиһии)
- Ылбыт туостарбытын харайыы (субатын ыраастааһын, сииктээх сиргэ ууруу)
- Оонньуур оңоруу:
-бэлэм шаблонунан эскиз оңоруу (туос хайысхатын таба туттуу)
-кырыйыы
- Кырыйа олорон туостан өссө тугу оноруохха сөбүн туһунан сэһэргэһии
(Оонньуурдары көрүү-сэргээһин)
Төрүт культура - Варвара Алексеевна:
- Туос ыаһын оңорон көрүү
-бытархай гына кырыйыы
-сүөгэйгэ буккуйуу
-чугуун иһиккэ кутан буккуйа туһэбит
-уматыы
-бэлэм ыаһы хаптаһыңңа ууран үнтү мэлийэбит (илиигэ сыстыа суохтаах)
IV. Чиңэтии: Чиңэтиини соро5ор таайбараң көрүнүнэн ыытар ордук. Оннук ыытылынна5ына о5о5о ордук өйүгэр хатанан хаалар. Бэриллэр боппуруостар уруокка киирбит өйдөбүллэртэн сиэттэрэн тахсаллар.
V. Дьиэ5э үлэ:
Өссө төгүл сурунан бэлиэтэниилэри оңоруу. Ону памятка курдук кыракый кинигэчээн оңорон киллэрии. Кинигэ уруһуйдаах, кэпсээннээх буолара наада.
VI. Түмүк Сыана туруоруута.