Кылаас таьынан ыытыллар «Байанай оонньуута», 5-7 класс
МБОУ «Кюсюрская СОШ» Лебедева Наталья Иннокентьевна
Кылаас таьынан ыытыллар «Байанай оонньуу»сценарийа 5-7 кыл
Сыала-соруга: 1. Сэтинньи байанай ыйа буоларын сырдатыы.
2. О5олор хамаанданан оонньуур уоруйэхтэрин инэрии.
3. О5о айар дьо5урун, тус санаатын тута этэр уоруйэхтэрин инэрии.
Сахаларга Сэтинньи ый байанай ыйа диэн этиллэр.
Байанай диэн тун былыргы сахалар ойдобуллэринэн аар тай5а кыылларын, кыырай халлаан котордорун араначчылыы, дьаьайар куус эбэтэр танара аатын ааттаан эрэ баран, булду оноруохтарын соп этэ. Онон хара тыабыт иччитин аата Баай Барыылаах Тойон эьэ диэн буолар.
Бугун биьиги Байанайга сыьыаннаах нэдиэлэбитин тумуктуур викторина ыытабыт. Нэдиэлэ устата Байанай тематыгар уруьуй курэ5э, байанай туьунан кэпсээн айыы курэ5э буолбута.
-Дьэ эрэ, викторинабытын са5алыыбыт. Эьиги ус хамаанда5а арахсан тура5ыт. Билигин хамаанданан араас сорудахтары толоруоххут. Хас биирдии хамаанда бары биир буоланныт кохтооххтук кыттаргытыгар ынырабыт.
1 туьумэх. Баай Барыылаах тойон эьэбит дьэ элбэх которунэн-суурэринэн, балыгынан баай. Ол курдук эьиэхэ кроссворд бэриллэр. Бу кроссворду тургэн тэтимнээхтик таба таайа охсуохтааххыт. Тургэнник уонна сопко толорбут хамаанда очко ылар.
(кроссворд таайыыта)
2 туьумэх. Хамаандаттан биир уолу ынырабын. Уолаттар тахсабыт.
Дьэ эрэ, эьиги бугун тыынан айаннаары тура5ыт. Тыы диэни бары билэ5ит. Тыы диэн-мас оночо. Дьэ ол бараргытыгар бэйэ5итин кытта тугу илдьэ барыа этигитий? Уонна ханна , хайыы барыахха собуй? Толкуйдаан баран этэбит.
Бэриллибит тыллар: мунха, куогу, сугэ, куйуур, илим, быьах, хапхаан, туьах, эрдии, уьаарба, саа, чааркаан, батас, унуу, бензин, баах, кыптыый, инньэлээх сап, тыы.
3 туьумэх. Кыргыттарга аналлаах курэх. Эьиэхэ бэриллэр илиис. Бу илиискэ эьиги таба тиритииттэн туох танаьын тигэллэрин суруйуохтааххыт. Биирдии кыыс.
4 туьумэх. Кыыл суолун тоьо билэргитин бэрэбиэркэлиэхпит.
Кыыллар атахтарны суоллара бэриллэр.
5 туьумэх. Хамаандаттан куобахтан ураты биир кыылы таайтарыахтааххыт. Манна артистичность сыаналанар. Собулээбит кыылгытын толору хамсанан кордоруохтээххит. Атын хамаанда илиитин уунан таайыахтаах, ханнык кыылы кордорбуттэрин.
6 туьумэх. Уруьуй курэ5э. Билигин эьиги Баай барыылаах Тойон Эьэбитин хайдах короргутун уруьуйдаан толоруохтааххыт. Байанай тугунан баайый, кини дьуьунун хараххытыгар хайдах коро5утуй.
Манан бугунну ооньуубут тумуктэнэр. Кыайыылаахтары э5эрдэлиибин. Атыттарга кохтоохтук кыттыбыккытын иьин махталбын тиэрдэбин.
Онон, о5олоор, Байанайы хаьан да хомотуман, тыа5а, булка сиэри-туому тутуьан сылдьын!Аал-уоккутун оруу аьатаргытын умнуман!