Исследовательская работа «Динозавр эйгэтэ»

0
0
Материал опубликован 1 February 2019 в группе

Автор публикации: М. Григорьев, ученик 3 класса

Саха Республикатын үөрэҕириитин уонна билимин министерствота

Сунтаар улууһа (оройуона) үөрэҕириигэ муниципальнай тэрилтэ

Толоон алын сүһүөҕүн оскуолата

« Динозавр эйгэтэ »

Yлэни оҥордо: Григорьев Максим

Толоон алын сүһүөҕүн оскуолатын

3 кылааһан үөрэнээччитэ

Салайааччы: Обутова С.В. ,

алын сүһүөх учуутала

 

Кутана, 2018

Иһинээҕитэ:

Киириитэ..................................................................................................................3

Сүрүн чааһа.

1. Динозавр туһунан үөрэтиилэр........................................................................... 4

2. Динозавр уонна билиҥҥи кыыллар.............................................................4 – 5

3. “Диномир”...........................................................................................................5

Түмүк........................................................................................................................6

Туһаныллыбыт литература

 


 

Киириитэ

Үлэм тиэмэтэ: “Динозавр эйгэтэ”

Үлэм сыала: динозаврдар тустарынан үөрэтии, билиҥҥи кэмҥэ динозаврдарга майгынныыр кыыллар баалларын билии

Үлэм сүрүн соруктара:

Динозаврдары уонна араас кыыллары кытта тэҥнээн көрүү, маарыннаһар өрүттэрин булуу

Динозаврдар Саха Сиригэр уонна Сунтаар улууһугар үөскээн ааспыт элиэлэрин булуу;

Биир саастыылаахтарбар динозаврдар тустарынан билиилэрин кэҥэтии;

Чинчийиибитигэр туттуллубут ньымалар: динозавр туһунан матарыйаал хомуйуу, булуллубут матарыйаалы тэҥнээн, ырытан көрүү.

Биһиги, бу тиэмэни үөрэттэхпитинэ, динозавр туохтан сүппүтүн, ханнык билиҥҥи кыылларга маарыныырын билэбит. Өссө ханнык кэмҥэ ханна олорбуттарын, кэм аайы хайдах уларыйан испиттэрин билэбит.



 

Динозавр туһунан үөрэтиилэр

Аан бастаан историяҕа динозавр диэн тылы англия ученай Ричард Оуэн киллэрбит. Маны “куттааллаах күлгэри” диэн переводтуохха сөп.

Бастакы динозавр 230 мөлүйүөн сыл аннараа өттүгэр баар буолбут, онтон бүтэһик динозавр 65 мөлүйүөн сыл аннараа өттүгэр өлбүт. Динозаврдар аан дойдуну барытын 165 мөлүйүөн сыл баһылаан олорбуттар.

Саха сиригэр динозавр 140 мөлүйүөн сыл аннараа өттүгэр баар буола сылдьыбыт. Онтон мин, төрөөбүт Сунтаарым улууһугар, динозаврдар эмиэ олорон ааспыт эбиттэр диэн “По родному краю” диэн кинигэттэн биллим. Манна 2002 сыллаахха Тээтэ үрүйэҕэ Петр Николаевич Колосов экспедияция тэрийэн үөрэтэ кэлэ сылдьыбыт. Бу үөрэтии түмүгэр стегозавр, цинодонт, камаразавр уонна трилобит уҥуоҕун булбуттар.

Динозавр уонна билиҥҥи кыыллар

Ученайдар этэллэринэн, билигин динозавр аймахтара элбэхтэр. Ол иһин, биһиги араас кыыллары кытары тэҥнээн төрөргө холоннубут.

Жирафа. Уһун моонньута уонна аһылыга диплотокка, брахиозаврга маарынныыр.

Броненосец бэйэтин харыстанарынан анкилозаврга маарынныыр.

Носорог трицератопска маарынныыр. Иккиэннэригэр муннуларыгар муостаахтар.

Ол эрэн, бу үс тэҥнээнһин сыыһа буолар. Динозавр сымыытынан ууһуур, онтон бу үс кыыл, оҕолорун тыыннаахтыы төрөтөллөр, үүтүнэн аһаталлар. Тас эрэ көрүҥнэринэн маарыннаһаллар.

Онтон бу үс кыыл: крокодил, күлгэри уонна чыычаах.

Крокодил уонна теходонт – иккиэн рептилиялар, хищниктар, тириилэрин оҥоһуута, тиистэрэ уонна сымыытынан ууһуулар.

Күлгэри уонна игуанодон – хаамаллара, тиистэрэ, аһыллара.

Чыычаах уонна археоптерикс – дьардьамаларын оҥоһуута, ууһууллара, тириилэрин оҥоһуута.

Бу үс кыыл динозавртар чугас аймахтара буолаллар. Ол эрэн, динозавртан төрүттээхтэр диир сыыһа. Атыннара манна сытар:

Крокодил динозавртан атына кэннинээҥҥи атахтара, ууһуур уонна олорор сирдэрэ атын.

Күлгэри атына тириилэрин оҥоһуута, күлгэри тириитин быраҕан уларытар эбит уболлаҕына, динозавр тириитэ сыл аайы бэйэтэ бэйэтинэн уларыйар.

Чыычаах уонна археоптерикс – чыычаах тумса тииһэ суох, онтон археоптерик тумсута тиистээх, кутуруга уһун, кыната тыҥырахтардаах.

Түмүктээн эттэххэ, динозавртан төрүттээх кыыл билиҥҥи кэмҥэ хаалбатах, динозаврдар аймахтара , биир этэрээккэ киирэр кыыллар бааллар эбит.

3.“Диномир”

Диномир” – оҕолорго аналлаах остуол оонньуута. Манна 2 киһиттэн элбэх оҕо оонньуур. Оонньуубут быраабылата: кубик быраҕан хас хардыы оҥороргун ыйытаҕын уонна түбэспит өҥҥүнэн карточка ылан сорудаҕы толороҕун. Барыта 23 сорудах. Үс араас оҥноох карточка баар. Өҥнөрүнэн араас сорудахтаах.

Түмүк

Чинчийии кэнниттэн маннык түмүгү оҥордубут: билиҥҥи кэмҥэ динозаврдар аймахтара бааллар. Динозавртан төрүттээх кыыллар суохтар. Динозаврдар бэйэлэрин кэннилэриттэн тугу даҕаны хаалларбатахтар.

Туһаныллыбыт литература

Александр Кочаров. Динозавры. 2002.

Стефанович Софья. Наша планета. Динозавры. 2017.

По родному краю. В.И. Пестерев, М.К. Илларионова. 2014.

в формате Microsoft Word (.doc / .docx)
Комментарии
Комментарии на этой странице отключены автором.