Национальный герой Василий Манчары
Манчаары 1805 с. - Мэҥэ улууһугар Арыылаах диэн алааска (уруккутунан Нөөрүктээйи нэһилиэгин, күн бүгүн Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бөкө нэһилиэгин сирэ) Федор Быттааны Ханчадаев дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. 1814 с. — тоҕус саастааҕар аҕата өлбүтүн кэнниттэн нэһилиэк быраабатын дьаһалынан дьиэтин кэргэнигэр хаһаайыстыба баһылыгынан ананар. 1827с. — ыалын кыыһын Варвара Степанованы кэргэн ылар. 1827 с. — былдьаммыт сүөһүтүн, оттуур ходуһатын төттөрү ылаары абаҕатын Чоочолуун сууттаһарыгар иирсэн, нэһилиэк чарчыыналарын дьүүлүнэн таһыллар. 1827 с. — Чоочо баай эдэр кэргэнин малын суолга көрсөн былдьаан нэһилиэк «сибииркэтигэр» угуллар, онтон күрүүр.
1827 с. — Егор Слободчиков туттаран, земскэй суутунан уон охсуунан таһыллан, остуруок хаайыытыгар угуллар. 1828 с. — Вера диэн кыыстаналлар. 1828 с. муус устар — өрүс мууһун көйөн болуот бэрэбинэлэрин оруу сылдьан остуруок хаайыытыттан күрүүр. Чыычаах Уйбаан тыллабырынан кыһын тутуллар. 1830 с. сэтинньи — Земскэй суутунан түөрт уон биэс охсуунан таһыллан хаатырга үлэтигэр Охуоскайга ыытыллар. 1832 с. бэс ыйа — Юдома өрүһүн баһыгар болуот уһаара сылдьан Охуоскай хаатыргатыттан күрүүр. 1833 с. кулун тутар ыйа — Нөөрүктээйигэ Иван Сивцев ампаара түүн алдьатыллан 597 солк. мала уоруллубутугар холуобунан дьыала тэриллэн силиэстийэ саҕаланар.
1833 с. балаҕан ыйын 24 к. — сэтээтэл Атласов, хаһаак Свешников сүүсчэкэ киһилээх бөлөхтөрө Күөх Кэтириинэлиин олорор ииннэриттэн туталлар. 1833-1836 сс. — силиэстийэ ыытыллар. 1836 с. атырдьах ыйын 31 к. — уокуруктааҕы суут дьүүлүн бүтэһик уурааҕа тахсар. 1836 с. сэтинньи 24 к. — дьыаланы Иркутскай күбүрүнээтэрэ сенат көрүүтүгэр ыытар. 1837 с. ахсынньы 31 к. — Правительствующай сенат Департаменын холуобунай дьыалаларга Палаататын уурааҕа тахсар. 1838 с. кулун тутар 10 к. — отут охсуунан куорат болуоссатыгар таһыллан, Иркутскайдааҕы туус оргутар собуокка хаатырга үлэтигэр ыытыллар. 1841 с. — Нерчинскэйгэ таас чох хостуур рудникка хаатырга үлэтигэр көһөрүллэр. 1841 с. кулун тутар 30 к. — Анисим Трофимовтыын хаатыргаттан күрүүллэр.
1841 с. сэтинньи 25 к. — сүүһүгэр бэчээттээх миинэр ат уларса тиийбитин, аймаҕын уола тутан хаайтарар. 1842 с. бэс ыйын 15 к. — Нерчинскэйгэ этабынан ыытыллар. 1842 с. атырдьах ыйа — этап кэмигэр Аллараа-Илимскэйгэ тириэрдэн хандалатын устубуттарыгар, түүнүн хонбуойтан күрээн дойдутугар кэлэн арҕаа эҥээр улуустарын баайдарын талаталыыр. 1843 с. алтынньы — Байаас Никифоров кэргэнэ Матырыаналыын кыстыыр ииннэригэр бүгэн олордохторуна, Шахурдин урядник биэс уонча киһилээх бөлөҕө тутан остуруокка киллэрэр. 1843-1847 сс. — силиэстийэ ыытыллар.
1847 с. атырдьах ыйын 9 к, — уокурук суута уон сылга илиилэриттэн истиэнэҕэ сыабынан хараҕалыырга дьүүллүүр. 1857 с. атырдьах ыйа — суут уурааҕа толоруллар болдьоҕо кэлэр да, босхолооботтор. 1859 с. кулун тутар 13 к. — сыабыттан босхолоон, Бүлүү уокуругун Марха улууһун I Бордоҥ нэһилиэгэр үйэтин устата көскө ыытар туһунан Илин-Сибиир Кылаабынай управляющайын дьаһала тахсар. Ол күн сыабыттан босхолоон, пересыльнай хаайыыга көһөрүллэр. 1859 с. муус устар 13 к. — куорат суолун оҥоһуутугар үлэлэтэллэр. 1859 с. ыам ыйын 23 к. — күһэлэҥ көскө олорор сиригэр хандалылаах хомбуойдаммыт. 1870 с. сэтинньи 12 к. — көскө олорон 65 сааһыгар өлбүт. #СахаИсторията@eigevk #МэнэХаналас@eigevk