Презентация урока родного якутского языка на тему «Даҕааһын аат» (3 класс)

0
0
Материал опубликован 23 December 2022

Предварительный просмотр презентации

ФИО учителя: Кампеева Сардана Семёновна. Должность: учитель начальных классов. Школа: МБОУ «Болтогинская СОШ имени Н. Д. Субурусского». с. Харбала 2-я Чурапчинский район. Публикуемый материал: авторская презентация урока родного якутского языка на тему «Даҕааһын аат». Класс: 3

Сэтинньи 30 күнэ. Кылааска үлэ.

Таабырыннары таай: Кып-кыра, ап-араҕас, сып-сымнаҕас, чып-чыыбырҕас ..... . 2. Күөх, уһун, синньигэс, ап-аһыы ..... . 3. Тыаллаах, тыастаах, уоттаах, уулаах ..... .

Таабырыннары таай: Чоппууска. 2. Чучунаах. 3. Этиҥнээх ардах.

Уруок темата: Даҕааhын аат

Уруок сыала: Даҕааһын аат туһунан ылбыт билиибитин чиҥэтии. Этииттэн даҕааһын ааты була, тутта үөрэнии.

Даҕааһын аат диэн тугуй? Саҥа чааһа. Предмет бэлиэтин көрдөрөр. Ханнык? хайа? хайдах? ханнааҕы? хаһааҥҥы? туохтаах? диэн ыйытыыга эппиэттиир.

Даҕааһын аат – саҥа чааһа Предмет бэлиэтэ диэн: хаачыстыбата (үчүгэй, итии, сырдык); быһыыта (төгүрүк, ньолбоҕор, суон); кээмэйэ (улахан, кэтит, бөдөҥ); өҥө (күөх, саһархай, ала), о.д.а. .

1.Маарыҥнаһар суолталаах (синонимнар) даҕааһын ааттары бул: Үрүҥ Улахан Түргэн Бастыҥ Кыра а) бөдөҥ б) чулуу в) маҥан г) оччугуй ҕ) сыыдам

1.Маарыҥнаһар суолталаах (синонимнар) даҕааһын ааттары бул: Үрүҥ Улахан Түргэн Бастыҥ Кыра в) маҥан а) бөдөҥ ҕ) сыыдам б) чулуу г) оччугуй

2. Утары суолталаах (антонимнар) даҕааһын ааттары бул: Баай Кылгас Ыраас Сылаас Тымныы а) уһун б) кирдээх в) итии г) дьадаҥы ҕ) сөрүүн

2. Утары суолталаах (антонимнар) даҕааһын ааттары бул: Баай Кылгас Ыраас Сылаас Тымныы г) дьадаҥы а) уһун б) кирдээх ҕ) сөрүүн в) итии

3. Этиини уһул. Этии чилиэнинэн уонна саҥа чааһынан ырыт. Күп-күөх халлааҥҥа кып-кыра чыычаахтар ыллыыллар-туойаллар. д. а. д. а. а. т. а. т. т. т.

4. Бэриллибит тыллары күүһүрдэр эбиискэлэринэн ситэрэн суруй. ___ -кыраһыабай, ___-маҥан, ___-сылаас, ___-чараас, ___-синньигэс, ___-төгүрүк. Кып мап сып чап сип төп

5. Нуучча тылыттан киирбит даҕааһын ааттар сыһыарыыларын ситэрэн суруй. Спортивн__ , медицинск__ , морск__ , индийск__ , ботаническ___, легков___. ай ой эй эй ай ой

6. Өс хоһооннору ситэр: _______ тыл минньигэс, _____ тыл сымсах. _____ ат биир кымньыылаах, _____ киһи биир тыллаах. _____ харах көрбөтөх, _________ кулгаах истибэтэх. Аҕыйах элбэх Үтүө үтүө Хара хаптаҕай

Даҕааһын аат диэн тугуй? Саҥа чааһа. Предмет бэлиэтин көрдөрөр. Ханнык? хайа? хайдах? ханнааҕы? хаһааҥҥы? туохтаах? диэн ыйытыыга эппиэттиир.

Уруок түмүгэ: Даҕааһын аат өйдөбүлүн биллибит. Этииттэн даҕааһын ааты була, тутта үөрэннибит.

в формате MS Powerpoint (.ppt / .pptx)
Комментарии
Комментариев пока нет.