Инсценировака «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин»

0
2
Материал опубликован 28 November 2021

«Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйанан

инсценировка сценарийа.

«Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин»

(Инсценировка)

Оруолларга:

Бэйбэрикээн –

Сардаана –

Хаардьыт Бэргэн –

Абааһы кыыһа –

Эр Бэрдэ –

Арыалдьыт дьон -

1 көстүү.

(Бэйбэрикээн эмээхсин сыһыыга хаама сылдьар. Биэс салаалаах бэрдьигэс оту булан ылар.)

Б.Э. Үчүгэйиин, биэс салаалаах бэрдьигэс от үүнэн турар эбит дии. Бээ-бээ, түөрэн ылан түөспэр уктан дьиэбэр илтэҕим буоллун.

(Б.Э. дьиэтигэр кэлэн отун суорҕанна суулаан сыттыгын үрдүгэр ууран кэбиһэр).

Б.Э. Сайыммыт кэлэн, биэс ынаҕым күөххэ үктэнэн үүт бөҕө буоллулар. Аны тахсан ынахтарбын ыым.

(Б.Э. ыаҕыйатын ылан ынахтарын ыы тахсар. Ынаҕын ыы олордоҕуна хобо чуораан лыҥкынаабыт, кыптыый тыаһа кылыр гына түспүт. Эмээхсин соһуйан ыаҕыйатын сиргэ бырахпыт уонна дьиэтигэр сүүрэн киирбит. Көрбүтэ туох да уларыйбатах. Тахсан эмиэ ынаҕын ыан барбыт. Эмиэ хобо чуораан лыҥкынаабыт, кыптыый тыаһа кылыр гыммыт. Эмээхсин эмиэ ыаҕыйатын сиргэ бырахпыт уонна дьиэтигэр сүүрэн киирбит. Көрбүтэ бэрдьигэс ото кэрэчээн кыыс буолан ороҥҥо олорор эбит.)

Б.Э. Тыый, тугун бэрдэй! Үчүгэйкээн бэйэлээх кыыс оҕоломмуппун дии. Маннык кыраһыабай кыыс Сардаана диэн ааттаах буоллун.

С. Ийээ, мин эйиэхэ көмөлөһүөм. Иһити сууйуом, муостаны харбыам, ынахтары аҕалтыам, түптэ оҥоруом.

Б.Э. Ээ, оҕом барахсан наһаа да үтүө санаалааххын. Кэл, алаадьылаах чэйдэ иһиэххэ.

(Иккиэн остуолга кэлэн олороллор. Б.Э. чорооннорго үүт кутар)

Б.Э. үрүҥ ас баар дьэ үтүө ас. Ыаммытынан үүттэ ис.

С. Алаадьы минньигэһиин.

(Эмискэ көмүлүөк оһох үөлэһинэн ох саа оноҕоһо түһэн кэлэр. Онтон балаҕан аана аһылларын кытта Хаардьыт Бэргэн киирэн кэлэр да кыыһы көрөөт дөйөн турар, онтон уҥан сууллан түһэр. Өйдөнөнөн кэлээт таһардьа ыстаммыт.)

Б.Э. Ити Хаардьыт Бэргэн эйигин көрөөт да сүрэҕэ хамсаан уҥан түстэҕээ...

(Сотору соҕус буолан баран биир Эр Бэрдэ илдьити аҕалбыт)

Эр Бэрдэ: Эмээхсиэн, Бэйбэрикээн! Хайҕамсык Хара Хаан тойон уолугар Хаардьыт Бэргэҥҥэ кыыскын кэргэн биэриэҥ үһү!

Б.Э. Тоойуом, Сардаана, Хаардьыт Бэргэҥҥэ кэргэн барыаҥ дуо?

С. Барыам.

Б.Э. Сулуутун алаас-сыһыы туолуоҕун тухары сылгыны, ынаҕы толору үүрэн аҕалан кулуҥ!

Эр Бэрдэ: Аҕалан бөҕө буоллаҕа!

2 көстүү.

(Хаардьыт Бэргэн Сардааналыын айаннаан иһэллэр)

Х.Б. Хара тыаҕа саһылым айата баар, мин онно бардым. Эн бу суол устун бара тур. Суолуҥ икки аҥы арахсыаҕа: илин диэкитигэр киис тириитэ ыйаммыт, оттон арҕаа диэкитигэр эһэ тириитэ ыйаммыт буолуоҕа. Киис тириитэ ыйаммыт илин диэки суол устун бараар.

С. Сөп. Баай хара тыа маанылаах иччитэ Байанай эйиэхэ мичик гыннын. Элбэх бултаах кэлээр.

(Хаардьыт Бэргэн айанныы турар. Кыыс суол арахсыытыгар кэлбит уонна эһэ тириитэ ыйаммыт суол устун бара турбут. Туруору тимир балаҕаҥҥа тиийэн кэлбит. Дьиэттэн абааһы кыыһа тахсан кэлбит уонна кыыһы атыттан сууллары тардан түһэрбит да дьиэтигэр соһон киллэрбит. Онтон кыыс сирэйин саба кээһинэн, таҥаһын бэйэтигэр симэнэн атын миинэн бара турар)

Абааһы кыыһа: Кийиит кыыс дьэ аны мин буолабын! Ким билиэй мин кыыс сирэйин бэйэбэр саба быраҕыммыппын, таҥаһын таҥныбыппын!

3 көстүү.

(Б.Э. хонууга ынахтарын көрдүү сылдьар уонна биэс салаалаах бэрдьигэс оту булан ылар)

Б.Э. ынахтарым ханна баран хааллахтарай. Хайа, бу биэс салаалаах бэрдьигэс от эмиэ үүммүт дии, ылан илдьэ барыыһыкпын.

(Б.Э. дьиэтигэр кэлэн отун суорҕанна суулаан сыттыгын үрдүгэр ууран кэбиһэр. Ынаҕын ыы олордоҕуна хобо чуораан лыҥкынаабыт, кыптыый тыаһа кылыр гына түспүт. Эмээхсин соһуйан биэдэритин сиргэ бырахпыт уонна дьиэтигэр сүүрэн киирбит. Көрбүтэ бэрдьигэс ото кэрэчээн кыыс буолан ороҥҥо олорор эбит.)

С. Ийээ, кэргэним илдьэ баран иһэн бултуу барбыта. Кини ыйбыт суолун сыыһа бараммын абааһы кыыһа олорор сиригэр тиийбитим. Абааһы кыыһа сирэйим тириитин ньылбы тардан ылан, бэйэтин сирэйигэр иилиммитэ, таҥаспын таҥныбыта. Үөһэ айыылар оҕо – уруу төрөтөр ыйаахтарынан бу орто дойдуга кэлбит буоламмын, тиллэн кэллэҕим.

5 көстүү.

(Балаҕан диэки Хаардьыт Бэргэн арыалдьыт дьонноох айаннаан кэлэн тохтуур. Балаҕантан Бэйбэрикээн эмээхсин тахсан кэлэр уонна тугу эрэ сибигинэһэн кэпсэтэллэр. Онтон эмээхсин дьиэҕэ киирэр)

Б.Э. Дьэ иьит миигин: эн Чоочугур Чуоҕур атын Хаардьыт Бэргэн аҕатыгар абааһы кыыһын туһунан барытын кэпсээбит. Абааһы кыыһа үөн-көйүүр буолбут, уолу дэлби салгыҥҥа-ууга ыраастаппыттар. Уруккутааҕар элбэх сулууну аҕалан Хаардьыт Бэргэн тиийэн кэллэ.

(Таһардьа тахсаллар. Хаардьыт Бэргэни уонна Сардаананы эмээхсин илиилэриттэн сиэтэн туран этэр)

Б.Э. Оҕолорум, урдук айыылар ыйаахтарынан ыал буолар, оҕо-уруу тэнитэр аналлаах эбиккит. Онон ыһыахта ыһыаҕыҥ, оһуокайда ойуоҕуҥ!

Оһуохай.

Оһуо-оһуо оһуокай,

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй!

Самаан сайын кэлбитин,

Саха дьоно мустаммыт,

Тоҥолохтон ылсыһан,

Тоҕуоруһан тураммыт,

Оһуокайдыыр оонньууну,

Ойон тэбэн биэриэ5иҥ!

Оһуо-оһуо оһуокай,

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй!

Саха бастыҥ хотуна,

Бэйбэрикээн эбэбит,

Мааны кыыһа Сардаана,

Бэргэн уолга суктэрин,

Бэлиэтээммит биһиги,

Ыһыах ыһан эрэбит.

Оһуо-оһуо оһуокай,

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй!

Аалай кыьыл уоппутун,

Алаадьынан амсатан,

Эдэрдэрбит дьоллорун,

Олохторун тустээммит,

Уруй тылын этэбит,

Айхал тылын туойабыт.

Оһуо-оһуо оһуокай,

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй!


 


 

в формате Microsoft Word (.doc / .docx)
Комментарии

С большим уважением, Надежда Константиновна, отношусь к владению языками, но убеждена, что русский Вам также не чужд. Тогда почему Вы не принимаете во внимание, что коллеги не все могут знать (да и не должны, собственно) язык, на котором пишется инсценировка. При первой публикации я уже обращала Ваше внимание, что требуется пояснительная на государственном языке, но вот, следует повторная публикация без каких-либо изменений.

28 November 2021

И я писала... Это ж нарушение требований публикации

28 November 2021