Таммах тыаһа иһиллэр
Оҕолор, истиҥ эрэ, туох тыаһыырый?
Биир таммах тыаһыыр дуу, элбэх таммах дуу?
Онтон билигин биир таммах дуу элбэх таммах дуу?
Ити хантан түһэрэ буолуой таммах?
Таммах хайдаҕый?
Чэ эрэ, таммах буола оонньуоххайыҥ эрэ.
Таммах ойуулаах бастыҥалары кэтэрдэбин
Биһиги бары таммахтар үһүбүт, таммах курдук туттан көрдөрүҥ эрэ. Ким үкчү таммах курдук буолар эбитий?
Маладьыастар! Аны таммах хайдах тыаһыырын үтүктүөҕүҥ.
Тылбытын таҥалайбытыгар сыһыарабыт, уонна эмискэ төлө ыытабыт
Илиибитин үөһэ тутан төбөбүт оройугар холбуубут, атахпыт төбөтүгэр турабыт – буу аата таммах муус чопчуга ыйанан турар.
Аны таммахпыт сиргэ түһэр, айахпытынан таммахпытын тыаһатабыт уонна чохчойо туһэбит.
Чэ эрэ дьиэ кырыыһатыгар муус чопчута бөҕөтө ыйанан тураллар. Сарсыарда күн тыган муус чопчуну уулларбыт, бастакы таммах түспүт.
Онтон иккис таммах түспүт.
Онтон хаһыс таммах түһэрий?..
Маладьыастар! Наһаа үчүгэй таммахтар эбиккит
|
Таммах тыаһа иһиллэр
Биир таммах тыаһыыр
Элбэх таммах тыаһыыр
Муус чопчуттан
... кыра, ыраас ...
Туттан-хаптан таммах буолаллар
Айахтарынан таммах тыаһын үтүктэллэр
Бастакы оҕо айаҕынан таммах тыаһын тыаһатан чохчойо түһэр
Иккис оҕо үтүктэр
Үһүс ... таммах түһэр
|
I түһүмэх:
а) Проблеманы туруорааһын:
Оҕолор, таммах сиргэ түһэн баран ханна барарый дуу суох буолан хаалар дуу?
Саамай сөп, таммах муус чопчуттан арахсан сиргэ түһэн атын таммахтары кытта холбоһон чалбах буолар. Онтон салгыы ханна барарый?
Истиҥ эрэ, оҕолоор, “ханна барар?” диэн ыйыттым ди? Таммах ханна эрэ барар буоллаҕына ол аата кини хайыыр эбитий?
Таммахпыт “айанныыр” эбит. Ханна уонна хайдах айанныырын билиэххитин баҕараҕыт?
б) Сорук туруоруу:
Дьэ оччотугар биһиги “Кыракый таммах айана” диэн бырайыак оҥорон көрөбүт дуо?
Бырайыак диэн, оҕолор, былаан буолар, биһиги таммах ханна айанныырын былаанныахпыт уонна бырайыакпытын бүтэрдэхпитинэ тугу оҥорон таһаарбыппытын ыалдьыттарга кэпсиэхпит. Ону саамай үчүгэйдик үлэлээбит оҕо кэпсиэҕэ, онон бары кыһаллан үлэлиибит.
II түһүмэх:
в) Соругу ситиһэргэ, дьайымалы былаанныырга көмөлөһүү, дьайымалы тэрийии:
Бу остуолга ватман сытар, ватман кытыытыгар туох ойуута баарый?
Дьиэ кырыысатыгар туох сытарый?
Кыһын кырыыса үрдүгэр хаар бөҕөтө түспүт ди.
Онтон муус чопчу хайдах үөскүүрүй?
Саамай сөп, _________ мин “күн” биэрэбин, “күнү” дьиэ аттыгар сыһыаран бис (бастакынан быһаарбыт оҕоҕо күн ойуутун биэрэбин)
г) “Муус чопчу үөскээһинэ” опыт оҥоруутун тэрийии
Саас күн уота кырыыса хаарын уулларар, ууллубут хаар таммах буолан түһэр(“таммаҕы” ватмаҥҥа сыһыарабын).
Онтон тоҕо муус чопчу уп-уһун гына үөскээн тахсарый? Билиэххитин баҕараҕыт?
Биһиги дьиэ иһигэр баарбыт, онон дьиҥнээх муус чопчуну кыайан оҥорон таһаарбаппыт, ол оннугар чүмэчи көмөтүнэн муус чопчу хайдах үөскүүрүн быһаарыахпыт.
Муус чопчу ханна үөскүүрүй?
Оччотугар опыппытын оҥорорго биһиэхэ дьиэ наада, мин кып кыракый оонньуур дьиэ аҕаллым.
Онтон күммүтүнэн чүмэчи буолуоҕа, чүмэчи уоттаах онон сэрэнэбит, наһаа чугаһаабакка эрэ көрөбүт.
Чүмэчибитин уматабыт уонна дьиэ үрдүгэр таҥнары тутабыт. Көрүҥ эрэ, оҕолор, чүмэчи ууллан буоската таммах буолан дьиэбит кырыысатыгар туһэр.
Бастаан буоска чалбах үөскүүр.
Онтон сыыйа буоскабыт таммахтара кырыысабытыттан аллара диэки түһэллэр, муус чопчу курдук ыйаллан турар ди.
Болҕойон көрүҥ, чүмэчи ууллан буоската таммах буолан түһэр, таммаҕа кырыысаҕа түһэн хайдах тоҥоруй? Туохха майгынныыр?
Тоҥмут буоска үрдүнэн таммахтар хайдах сырылаан түһэллэрин эмиэ болҕойон көрүҥ.
Опытка түмүк оҥоруу:
Муус чопчу хайдах үөскүүр эбитий?
күн сылытан таммахтар үөскүүллэр, онтон тымныы салгын ол таммахтарбытын тутатына тоҥорон иһэр эбит, ол иһин маннык уһун муус чопчу буолар.
III түһүмэх:
д) Салгыы бырайыактааһын, бырайыагы толоруу хаамыытын салайыы, хонтуруоллааһын:
Дьэ эрэ, салгыы бырайыакпытыгар төннүөҕүҥ.
Күммүт уота сылытан кырыысаҕа сытар хаары уулларан муус чопчу бөҕөтө үөскүүр диэтибит ди. _________, бу муус чопчулары кырыыса анныгар сыһыаран кэбис.
Муус чопчуттан таммахпыт ханна түһэрий?
Саамай сөп, _________ мин чалбах ойуутун биэрэбин, сыһыаран кэбис (бастакынан быһаарбыт оҕоҕо чалбах ойуутун биэрэбин).
Дьэ онтон таммахпыт салгыы айанныыра буолуо дуу? Чалбах улааттаҕына туох буоларый?
Маладьыас, _________, бу ойуу биэрэбин, сыһыаран кэбис (бастакынан быһаарбыт оҕоҕо ойуу биэрэбин).
Эһиги сүүрүккэ оонньооччугут дуу? Бу ойууга оҕолор тугу гына сылдьаллар?
Таммахпыт муус чопчуттан сиргэ түһэн чалбах буолла, чалбахпыт сүүрүк буолан уһунна, дьэ онтон салгыы сүүрүкпүт ханна түһэрэ буолуой?
Саамай сөп, _________ мин үрэх ойуутун биэрэбин, сыһыаран кэбис (бастакынан быһаарбыт оҕоҕо биэрэбин).
Биһиги олорор Ытык-Күөлбүтүгэр туох диэн ааттаах үрэх баарый?
Таатта үрэхпит хайдаҕый?
Экраҥҥа Татта үрэх хаартыската көстөр
Биир кып кыракый таммахпыт үрэх буолла ди, онтон салгыы үрэхпит ханна түһэрий?
Маладьыас, _________, бу ойуу биэрэбин, сыһыаран кэбис.
Оҕолор, Сахабыт сиригэр ханнык саамай биллэр өрүс баарый, туох диэн ааттааҕый?
Өлүөнэ өрүһү көрбүккүт дуо, оҕолор, кини хайдаҕый?
Экраҥҥа Өлүөнэ өрүс көстөр
Онтон өрүс долгуннура устан ханна түһэрий?
Саамай сөп, _________ муора ойуутун биэрэбин, сыһыаран кэбис.
Ким эмит дьиҥнээх муораны көрбүтэ дуу? Муора хайдаҕый?
Экраҥҥа муора көстөр
IY түһүмэх:
е) бырайыагы презентациялыырга бэлэмнээһин:
Оҕолор, бу оҥорбут бырайыакпытын болҕойон көрүҥ, таммахпыт айанныыр эбит дуо? Хайдах айаннаата?
- аны бу бырайыакпытын ыалдьыттарга көрдөрүөҕүҥ, тугу оҥорбуппутун ким кэпсиэн баҕарар?
ж) Презентация.
|
а) Проблемаҕа киири:
... чалбах буолар...
....
Айанныыр эбит.
Аһа, билиэхпитин баҕарабыт
б) Соругу ылыныы:
Оҥоруохха
в) Практическай үлэ
Ватман кытыытыгар дьиэ ойууламмыт.
Дьиэ кырыысатыгар хаар сытар.
Саас күн күүскэ тыган хаары уулларар
г) Опыты оҥорон көрүү
...
Билиэхпитин баҕарабыт
Муус чопчу дьиэ кырыысатыгар үөскүүр
... түргэнник тоҥор... муус курдук... таас курдук
...
Таммах тоҥон муус буолар эбит...
д) Салгыы бырайыактааһын
______ муус чопчу ойуутун ватмаҥҥа ойууламмыт дьиэ кырыысатыгар сыһыарар
... Таммах сиргэ түһэн чалбах буолар
_____ таммах ойуутун сыһыарар
... Чалбах улаатан сүүрүк буолан устар
_____ чалбах ойуутун сыһыарар
Оҕолор чалбахха хараабыл ыыта оонньуу сылдьаллар
... Сүүрүк үрэххэ түһэр
_____ үрэх ойуутун сыһыарар
Ытык-Күөлгэ Таатта үрэх баар
Таатта үрэх кыраһыабай, түргэнник устар...
... үрэх өрүскэ түһэр
_____ өрүс ойуутун сыһыарар
Саха сиригэр Өлүөнэ өрүс баар
Өлүөнэ өрүс наһаа улахан, киэҥ, куоракка барарга өрүһү паромунан туоруубут, онно пароходтар, моторкалар усталлар...
... өрүс муораҕа түһэр
_____ муора ойуутун сыһыарар
... муора наһаа улахан, кип-киэҥ, онно акулалар, дельфиннар бааллар ...
е) бырайыагы презентациялыырга бэлэмнэнии:
Бырайыакка түмүк оҥоруу:
- бастаан кырыысаҕа сытар хаары күн уулларар, онтон муус чопчуттан таммах сиргэ түһэр, чалбах буолар, чалбах устан үрэххэ түһэр, үрэх өрүскэ, өрүс муораҕа.
- бырайыагы кэпсиир, икки өттүттэн тутан көрдөрөр оҕону (оҕолору) талаллар
ж) Бырайыагы ыалдьыттарга презентациялааһын
|