Тест «Заболоцкай айымньыларыгар тургутук»

0
0
Материал опубликован 2 December 2020

Суруйааччы Николай Максимович Заболоцкай оло5ор, айымньыларыгар тургутук үлэ.

Суруйааччы псевдонима ким диэний?

А) Чысхаан Б)Холорук В)Силлиэ

Суруйааччы ханнык улуустан төрүттээҕий?

А) Абый Б) Булуҥ В) Өймөкөөн

Суруйааччы тоҕо итинник псевдонимы ылыммыт буолуон сөбүй?(бэйэҥ санааҕын суруй)

Кыра кылаастарга ханнык айымньыларын үөрэппиккитий?

А) Болот моьуогуруулара Б) Сайылыкка В) Мин ытык хайам Г) Мааппа Д) Үрүҥ сүүрүктэр

Н. Заболоцкай суруйааччы эрэ буолбатах кини өссө..... (3-һү тал)

А) литературнай критик Б) тылбаасчыт В) уруһуйдьут Г) учуутал Д) кадровай булчут Е) фотограф

«Экзамен иннигэр» кэпсээн кимнээх олохторун көрдөрөрүй? А) устудьуоннар Б) эдэр ыччат В) артыыс уолаттар Г) куорат баай ыччатын олоҕун

Кэпсээҥҥэ уоллаах кыыс ханна билсистилэр. А) дэриэбинэҕэ Б) пааркаҕа В) остолобуойга

Билсиьиини ким са5алаата? А) кыыс Б) уол

Уоллаах кыыс ааттара? (бэйэҥ суруй)

Кыыс туох үлэһитий, хантан кэлбитий? А) илин улуустан, продавец Б) хоту оройуонтан, повар В) Булуу диэкиттэн, рестораҥҥа официантка

Оттон Яков туох киьиний? А) Учуутал Б) ҥ куурус устудьуона В) куорат олохтоох уола Г) тутааччы уол

Яков тугун сүтэрдэ? А) бинсээгин Б) харчытын В) дөкүмүөнүн Г) суумкатын

Сүтүгүн көрөн баран уол хайдах буолла? А) ыгылынна, тыына быара кылгаата Б) өрө уһуутаата, тыынын харбыаласта В) маккыраччы ытаата Г) ыксаата, кэлиэх-барыах сирин булбата.

Уоруйах кыргыттар илиилэригэр өссө кимнээх түбэстилэр? А) Сэмэн Б) Пал Паляч В) Ганя Г) Дормидонт

Эдэр уолга туох эппиэтинэстээх күн үүннэ? А) кэргэн ылар күнэ Б) экзамен туттарар күнэ В) саҥа паспорт ылар күнэ Г) дойдутугар айанныыр күнэ

Тыына-быара кылгаата диэн сомоҕо домох суолтата А) ыксаата Б) үөрдэ В) ытаата

«Кыыс үөрүүтэ» кэпсээҥҥэ ийэ аата кимий? А) Өлөөнө Б) Өксүүнньүйэ В) Өкүлүүнэ Г) Өрүүнэ

Кыыс аата? А) Катя Б) Таня В) Галя Г) Маня

Ийэ туохтан аймаһыйарый? А) кыыһа дьиэтигэр кэлбэтэҕиттэн Б) ынаҕа ньирэйин батыһыннара барбытыттан В) сүрэҕэ ыалдьарыттан Г) сарсын куоракка көрдөрүнэ барарыттан

Кыыһа... А) детсадка сылдьар Б) оскуолаҕа үөрэнэр В) устудьуон Г) ыал ийэтэ

Кыыс ким кинигэтин кыбынан киирдэй? А) Лев Толстой Б) А.С.Пушкин В) Гоголь

Кыыс туйгун үөрэҕин иһин тугу биэрбиттэрий? А) Грамота Б) кэмбиэрдээх харчы В) Кинигэ

Ийэтэ кыыьын туохтан хомотто? А) бириэмийэҕэ кэмбиэрдээх харчы кэлбэтэҕин эппитигэр Б) бириэмийэҕэ халыҥ хаатыҥка кэлбэтэҕин эппитигэр В) бириэмийэҕэ ийэтигэр махтал сурук кэлбэтэҕин эппитигэр

Кыыс хомойуутун туох солбуйда? А) дьол Б) үөрүү В) таптал Г) өйдөһүү

Кыл тыынынан тэбинэн сомоҕо домох суолтата А) түргэнник аһаан Б) түргэнник сүүрэн В) түргэнник хомунан

Кыыс ханнык хоһоону өйүттэн аахта? А) Муораҕа Б) Ньээньэбэр В) Өйдөбүнньүк В) Чаадаевка







в формате Microsoft Word (.doc / .docx)
Комментарии
Комментариев пока нет.