Научно-исследовательская работа «Вред и польза кока-колы»
Пояснительная записка к презентации
Саха Республикатын үөрэҕириитин уонна билимин министерствота
Сунтаар улууһа (оройуона) үөрэҕириигэ муниципальнай тэрилтэ
Толоон алын сүһүөҕүн оскуолата
« Кока Кола: туһата уонна буортута»
Yлэни оҥордо: Григорьева Виолетта
Толоон алын сүһүөҕүн оскуолатын
3 кылааһан үөрэнээччитэ
Салайааччы: Обутова С.В. ,
алын сүһүөх учуутала
Кутана, 2018
Иһинээҕитэ:
Киириитэ.................................................................................................................3
Сүрүн чааһа.
1. „Кока кола” утах туохтан турарый? ............................................................. 4
2. „Кока кола” утах туһунан үһүйээннэр уонна чахчылар .........................4 – 6
3. „Кока кола” утаҕы ким таларый?.................................................................6 – 7
Түмүк......................................................................................................................8
Туһаныллыбыт литература
Киириитэ
“Кока кола” утах билигин аан дойдуга тарҕаммыт, элбэх дьон сэҥэриитин ылбыт. Аан бастаан 1886 сыллаахха Америкаҕа оҥоһуллубут утах.
Үлэбит тиэмэтэ: “Кока кола : туһата уонна буортута”
Үлэбит сыала: “Кока – кола ”утах туһунан чахчылары уонна үһүйээннэри үөрэтии.
Үлэбит сүрүн соруктара:
“Кока – кола ”утах туохтан оҥоһуллубутун билии;
“Кока – кола ”утаҕын ч
“Кока кола” утах туохтан турарый?
“Кока кола” утах туохтан турарын билээрибит Казахстан Алматы куоратыгар уонна Россия Нижнай Новгород куоратыгар оҥоһуллубут икки араас “Кока коланы ” тэҥнээн көрдүбүт. Састааба уратыта суох, иккиэннэрин киэнэ тэҥнэр.
Уу;
Сахар (11 %);
краситель (сахарный колер);
ортофосфорнай кислота (регулятор кислотности);
кофеин;
Ону кыттары кистэлэҥ экстракт: «кармин» диэн краситель, ол эбэтэр «кошениль», кошенильнай чиэрбэттэн оҥоһуллар эбилик.
Бу икки араас сирдэргэ оҥоһуллубут утах атына кини төһө өр туттуллара эрэ араастаах. Казахстаҥҥа оҥоһуллар “Кока кола” 5 ый, онтон Россияҕа оҥоһуллар 6 ый сроктааҕын биллибит.
“Кока кола” утах туһунан үһүйээннэр уонна чахчылар
Биһиги дьон суруйбут араас статьяларын ааҕан, этиилэрин истэн баран “Кока коланы” бэрибиэркэлииргэ сананныбыт. Ол курдук 7 араас кэтээн көрүүлэри оҥордубут. Кэтээн көрүүлэрбитин сэтинньи 14 күнүттэн саҕалаатыбыт.
1 чинчийии: “Кока кола уонна синтетическай колготка” .
Сэтинньи 14 күнүгэр “Кока кола” утахха синтетическай колготканы уган хааллардыбыт. Чинчийэн көрүүбүт 1 нэдиэлэ устата буолла. Сэтинньи 16 күнүгэр уонна 21 күнүгэр бэрэбиэркэлээн көрдүбүт. Улахан уларыйыы суох. Ол иһин, биһиги маннык түмүккэ кэллибит: “Кока кола” утах синтетическай колготканы суурайбат. Ол аата, бу үһүйээн сымыйа.
2 чинчийии: “Кока кола уонна дьэбинирбит эттиктэр”
Сэтинньи 14 күнүгэр “Кока кола” утахха дьэбинирбит арааас эттиктэри уган хааллардыбыт. Сэтинньи 16 күнүгэр бэрэбиэркэлээн көрдүбүт. Дьиэбинирбит тоһоҕо уонна штруповер дьэбинэ аҕыйаабыт, киһи илиитигэр хаалар. Ол иннинэ киһи илиитин марайдаабат этэ. Онтон 10 солкуобай ырааһыйбыт, дьэбинэ барбыт, ыраастаммыт. Ол кэннэ эбии сэтинньи 20 күнүгэр бэрэбиэркэлээтибит. Тоһоҕо уонна штруповер дьэбинэ өссө аҕыйаабыт, киһи илиитигэр хаалар. Бу чинчийэн көрүүнү биһиги 6 күн ыыттыбыт. “Кока кола” дьэбини суурайбыта буккуллан, утахпыт өҥө уларыйда. Чинчийиибит түмүгэ маннык буолла: тоһоҕо уонна штруповер дьэбинэ аҕыйаабыт, киһи илиитигэр хаалар. “Кока кола” састаабыгар баар ортофосфорнай кислота дэбини сиир, ол көмөтүнэн тоһоҕо, штруповер уонна 10 солкуобай дьэбинэ аҕыйаабыт. Ол аата, кэпсиир үһүйээннэрэ чахчы.
3 чинчийии: “Кока кола уонна халбаһыы”
Сэтинньи 14 күнүгэр “Кока кола” утахха халбаһыыны уган хааллардыбыт. Сэтинньи 16 күнүгэр бэрэбиэркэлээн көрдүбүт. Икки күн устата уларыыйта улахан. Халбаһыыбыт өҥө биллэрдии уларыйбыт уонна үллүбүт, угуохпут иннинэ сырдык розовай өҥнөөх этэ. Ол кэннэ сэтинньи 19 күнүгэр бэрэбиэркэлээбиппит. Халбаһыыбыт 5 күн устата “Кока кола” өҥүн барытын иҥэриммит, онтон утахпыт уу курдук дьэҥкир буолбут. Дьон этэринэн, халбаһыы утахха сиэниллибэтэ, суураллыбата. Ол эрээри халбаһыыга утахпыт дьайыыта улахан. Бу этии, биһиги чинчийэн көрүүбүтүнэн сыыһа буолла.
4 чинчийии: “Кока кола уонна сымыыт”
Сэтинньи 14 күнүгэр “Кока кола” утахха сымыыты уган хааллардыбыт. Сэтинньи 16 күнүгэр бэрэбиэркэлээн көрдүбүт. Сымыыт хайа барбыт сиринэн хараарбыт. Онтон, эл кэннэ, сэтинньи 20 күнүгэр бэрэбиэркэлээн көрдүбүт. Хайа барбыт сирэ салгыы дьиринник киирэн сиэниллибит, иһинээҕи эттигэ быыһынан тахсан эрэр. Биһиги чинчийиибитинэн, “Кока кола” тииһи алдьатар диэн этии сөп буолла. Сымыыт уонна тиис тутулунан маарыннаһаллар. Сымыыт хаҕа киһи туттаҕына бытарыйа сылдьар буолбут.
5 чинчийии: “Кока кола уонна салфетка”
Сэтинньи 14 күнүгэр “Кока кола” утахха салфетканы уктубут уонна булкуйдубут. Салфетка тутатына өҥө уларыйда. Бу чинчийиинэн биһиги “Кока кола” утах кырааска элбэх диэн дакаастаатыбыт.
6 чинчиийии: “ Кока коланы оргутан көрүү”
“Кока кола” утаҕы оргутан көрдүбүт. Пара хойуу, минньигэс саахар сыта кэлэр. 20 мүн иһигэр лиитирэ аҥара утах уолла. Иһит түгэҕэр хара дьүһүннээх эттик хаалла. Сойбутун кэннэ таас курдук хатан хаалла.
7 чинчийии: “Кока коланы тоҥорон баран ириэрии”
“Кока кола” утаҕы таас иһиккэ кутан баран төҥорон күрдүбүт. Үс чаас иһигэр тоҥно уонна тоҥуон иннинэ бэлиэтэммит сириттэн 1 см үөһээ тахсыбыт.
Бу чинчийиилэри оҥорон көрөн баран, маннык тумуккэ кэллибит: киһи туругар, организмыгар “кока кола” буортута улахан уонна дьон этэрэ барыта чахчы буолбатах.
“Кока кола” утаҕы ким таларый?
Биһиги Толоон араас саастаах дьонуттан ”Кока кола” утаҕы төһө иһэҕитий уонна “Кока кола” утах туох буортулааҕын уонна туох туһалааҕын билэҕит дуо ?” диэн ыйытыктарга хоруйдаттыбыт. Барыта 18 киһи кытынна. Олортон: 8 алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ, 4 үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, 5 аҕа саастаахтар дьон. Кинилэр маннык ыйытыктарга хоруйдарынан маннык тэҥнээн көрүүлэри оҥордубут:
18 киһиттэн “Кока кола” утаҕы бары иһэллэр эбит.
Түмүк
Биһиги чинчийэн, кэтээн көрөн баран маннык түмүккэ кэллибит: “Кока кола” киһи доруобуйатыгар буортулаах;
Ортофосфорнай кислота тиискин буортулуур, ону тэҥэ уҥуох тостумтуо буолар. Тиис уонна уҥуох ыарыыта буолар;
Ис уорган үлэтин мөлтөтөр. Араас ыарыылары үөскэтэр;
Сахар, кофеин аллергияҕа кубулуйуон сөп;
Туһаныллыбыт литература:
Внутр Coca – Cola. История бренда. (электронный вариант).
www.lurkmore.to/Кока – кола.
www.lurkmore.to/ Секреты кока – колы.
www.forbes.ru/tegi/coca-cola