Программа ВУД «Тыл дьэрэкээн кустуга»

2
0
Материал опубликован 12 December 2017

МКОУ «Тит-Арынская ООШ им. И.С.Колодезникова»

Усть-Алданский улус (район)

Принято педсоветом

Протокол № ___

от «___» _________ 2017 г.

Согласовано

зам.директора по УВР

___________ Федорова Н.В.

«___»_____________ 2017 г.

Утверждаю и.о.директора МКОУ

«Тит-Арынская ООШ»

___________ Аргунов С.В.

«___»____________ 2017 г.

ПРОГРАММА ВНЕУЧЕБНОЙ ДЕЯТЕЛЬНОСТИ

«Тыл дьэрэкээн кустуга» - 5 класс.

Всего 35 часов.

Составитель: учитель якутского языка и литературы

Аргунова Ольга Михайловна, 1 категории.

Тит-Ары, 2017 год.

Быһаарыы сурук.

«Тыл дьэрэкээн кустуга» - эбии үөрэхтээһин программатыгар айар дьоҕуру сайыннарыы сүрүн сорук буолар. Бу эбии үөрэххэ – оҕо-үөрэнээччи төрөөбүт төрүт тылын үчүгэйдик билэр, кини эгэлгэтин, сүмэтин иҥэринэр, кэрэхсэбили ылар туһугар ыытыллыахтаах.

Урукку сылларга айар дьоҕур суолтата чыҥха атын, айар дьоҕур диэн тулалыыр эйгэ, олох-дьаьах уларыйыытыгар сөп түбэһии ааттанара.

Кэлин айар дьоҕурга: сытыы проблеманы көрдөөһүн, кылгас уонна сөптөөх быһаарыыны биэрии, саҥа усулуобуйаҕа урукку билиини туттуу, элбэх билиини ыларга бэлэм буолуу, өйдүүр кыах, түргэн саҥа, ылбыт дьыаланы түмүгэр тириэрдии буолар. Ити үлэлэри толороругар оҕо бэйэтин билиитэ, сатабыла туттуллар, ону таһынан атын биллэр ньымалары кытта сатаан холбооһуна эбэтэр оҕо бэйэтэ туспа ньымалары айааһына. Билиҥҥи кэмҥэ оҕону бэйэҕэ туһаайыылаах үөрэтии технологията инники күөҥҥэ таҕыста. Ол курдук, оҕо баҕатын, интэриэһин, дьоҕурун таба тайанан үөрэтии хас биирдии педагог сүрүн соругунан буолар.

Былыр-былыргыттан саха бүөбээйдээн, чочуйан-тупсаран кэлбит барҕа баайа ийэ тыла буолар. Төрөөбүт тыл киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар.

Тыл – киһи айбыт биир эриэккэс көстүүтэ. Сахабыт тыла баай, кэрэ, хомоҕой, ол иһин барҕара, тупса турар, сайдар-үүнэр кэскиллээх. Киһи төрөөбүт тылын дириҥник билэр да, соччонон кинини ытыктыыр. Тылы имитэ-хомута туттар эрэ киһи кини сүмэтин үчүгэйдик өйдүүр. Холобур, оҕоҕо төрөөбүт тылыгар кэрэхсэбили үөскэтээри бу элективнай кууруска үгүстүк тыл оонньуутун, күрэҕин тэрийиэххэ, кэрэхсэбиллээх айар сорудахтары толорторуохха сөп. Бу ньыма оҕо тылын-өһүн сытыылыырга, толкуйун торумнуурга балай да көмөлөһүөҕэ.

Эбии үөрэх сүрүн сыала: Төрөөбүт тылга кэрэхсэбили, интириэһи үөскэтии. Үөрэнээччилэр айар дьоҕурдарын сайыннарыы. Экзамеҥҥа бэлэмнээһин.

Эбии үөрэх соруктара: Оҕо болҕомтотун тардар, интириэһин үрдэтэр уруок формаларынан оҕо айар дьоҕурун сайыннарыы, сочинение суруйуутугар үөрэтии дьарыктара.

Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ

(метапредметные результаты).

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.

Атын омук культуратыгар эйэ5эс сыһыаны, биир республика иһигэр олорор норуоттарга убаастабылы иҥэрии, кинилэр культуралырын билии, үөрэтии.

Аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэстэрин үөрэтии, кинилэр олорор сирдэрин-уоттарын билии.

Өбүгэ үгэһин үөрэтии, күннээҕи олоххо туттуллар сиэри-туому тутуһуу.

Бэйэни саха омук быһыытынан билинии, Россия гражданина буолуутун билии.

Бэйэҕэ убаастабылы, тулалыыр эйгэҕэ эйэҕэс сыһыаны иҥэрии.

Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл.

Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Тѳрүт культураны үѳрэтэригэр сыал-сорук туруорунан кѳдьүүстээхтик үлэлиир.

Иккиэ буолан, бөлөҕүнэн үлэлиири сатыахтаах.

Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).

Тустаах үѳрэх предметин үѳрэтии түмүгэ

(предметные результаты).

Тылынан уус-уран айымньыны билиэхтээх. Өбүгэ үгэһин, күннээҕи олоххо туттуллар сиэри-туому тутуһуохтаах.

Билиини-кѳрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы үѳрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дѳбѳҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туһанар. Сахалыы тахсар оҕоҕо аналлаах республика, улуус, оскуола хаһыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) тиһигин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-кѳрѳр, үѳрэҕэр, чинчийэр, айар үлэтигэр кѳдьүүстээхтик туһанар. Сахалыы үѳрэҕи сайыннарар интернет-сайтартан туһалаах, наадалаах информацияны булан, сѳпкѳ наардаан туһанар;

Бэйэ саҥатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын-ѳһүн сыаналанар, алҕастарын булар, чочуйар, тупсарар.

I чиэппэр. Көмүс күһүн тиийэн кэллэ. Барыта – 9 чаас.

Чаас

Күнэ

Факт күн

Тема:

Сыала:

1

1

   

Киирии бэсиэдэ.

- куруһуок өйдөбүлүн, аналын билсиһии.

- куруһуок үлэтин хайысхатын билсиһии.

- үлэ былаанын торумнааһын.

2

3

2

   

Күһүҥҥү айылҕа – уруһуй. Таайбараҥ.

- Көмүс күһүн – темаҕа таайбараҥ толкуйдааһын.

- күһүҥҥү айылҕа – уруһуй конкурсун ыытыы.

- айар дьоҕуру сайыннарыы.

4

1

   

Ребустар.

- Көмүс күһүн – темаҕа ребус толкуйдааһын.

5

6

2

   

Маҥнайгы хаар.

Хоһоон айыы

Уруһуй конкурса

7

8

9

3

   

Тыл күүһэ.

- тыл туһунан, тылга сыһыаннаах ребустары, кроссвортары оҥоруу.

 

II чиэппэр. Ким доҕордоох – ол дьоллоох. Барыта – 7 чаас.

Чаас

Күнэ

Факт күн

Тема:

Сыала:

1

1

   

Мин бастыҥ до5орум. Хоһоон айыы, суруйуу.

- «Ким доҕордоох – ол дьоллоох» темаҕа хоһоон, кэпсээн айарга холонуу.

2

1

   

Мин доҕорум. Уруһуй.

- доҕор туһунан уруһуй, кроссворд, ребус толкуйдааһын.

3

1

   

Ким буолуохха? Өйтөн суруйуу.

- «Ким буолуохха?» тема5а хоһоон, кэпсээн айарга холонуу.

4

1

   

Ким буолуохха? Уруһуй.

- идэ, профессия туһунан кэпсэтии.

- идэҕэ, үлэҕэ сыһыаннаах уруһуй, кроссворд, ребус толкуйдааһын.

5

1

   

Саҥа дьыл. Өйтөн суруйуу.

- Саҥа дьылга аналлаах хоһоон айыыта.

6

7

2

   

Саҥа дьыл. Хаһыат таҥыы.

- хаһыаты таҥыы.

- хаьыакка тахсар үлэлэри таҥыы, балаһаларынан наардааһын, бэчээккэ бэлэмнээһин.

III чиэппэр. Айар үлэ абылаҥар. Барыта – 10 чаас.

Чаас

Күнэ

Факт күн

Тема:

Сыала:

1

1

   

Оскуола – иккис дьиэбит.

- Оскуола туһунан өйтөн суруйуу.

2

1

   

Оскуола – биһикпит уйата.

- «Төрөөбүт оскуолам» темаҕа уруһуй.

3

1

   

Көрдөөх түгэн.

- «Көрдөөх түгэн» темаҕа өйтөн суруйуу.

4

1

   

Мин уонна мин дьиэ кэргэним.

- «Дьиэ кэргэним» темаҕа өйтөн суруйуу.

5

2

   

Таайбараҥ, кроссворд, ребус.

- дьиэ кэргэн туһунан, дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах ребустары, кроссвортары оҥоруу.

6

1

   

«Ийэм – үлэтигэр» темаҕа уруһуй.

- Ким ийэтэ туох идэлээҕинэн, туох улэһитинэн уруһуй.

7

1

   

Таайбараҥ, кроссворд, ребус.

- ийэ туһунан, ийэҕэ сыһыаннаах ребустары, кроссвортары оҥоруу.

8

1

   

Остуоруйа.

- Сахалыы остуоруйалары истии, кэпсэтиьии.

9

10

2

   

Остуоруйа.

- Остуоруйа айарга холонуу.

IV чиэппэр. Сандал сааспыт тиийэн кэллэ. Барыта – чаас.

Чаас

Күнэ

Факт күн

Тема:

Сыала:

1

1

   

«Сандал саас».

- «Сандал саас» темаҕа өйтөн суруйуу.

2

1

   

«Сандал саас». Ребус, кроссворд.

- «Сандал саас» темаҕа сыһыаннаах ребустары, кроссвортары оҥоруу.

3

4

2

   

Миигин тулалыыр айылҕа.

- айылҕаҕа сыһыаннаах таайбараҥнары толкуйдааһын.

5

1

   

Айылҕаҕа экскурсия.

- айылҕаҕа тахсыы, сааскы айылҕа көстүүлэрэ.

6

7

2

   

«Ойуур хаьыата».

- хаһыаты таҥыы.

- хаьыакка тахсар үлэлэри таҥыы, балаһаларынан наардааһын, бэчээккэ бэлэмнээһин.

8

1

   

Самаан сайыны көрсүү.

сайын туһунан хоһоон эбэтэр уруһуй уруйдааһын.

9

1

   

Түмүк.

- түмүгү билиһиннэрии.

в формате Microsoft Word (.doc / .docx)
Комментарии
Комментариев пока нет.