Урок «Саха сирин кыыллара. Тиҥсирики сууруук - тииҥ»
С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.
Саха сирин кыыллара. Тиҥсирики сууруук - тииҥ.
Алын кылаас учуутала:
Сивцева Ольга Егоровна
Чурапчы 2019 с.
Урок окружающего мира по формированию универсальных учебных умений и способностей, которые носят межпредметный характер: поиск информации, работа с текстом, творческая работа, орфографическая работа, работа с задачей, рисование, коммуникативное взаимодействие.
Темата: Саха сирин кыыллара. Тиҥсирики сууруук - тииц.
Сыала:
Истиэнэ хаһыатын таһаарыынан тииҥ туһунан саҥаны билбиттэрин, билиилэрин хаҥаппыттарын көрдөрүү.
Саҥаны көрдүүр, ырытар, түмүк оҥорор сатабылларын сайыннарыы.
Бөлөҕүнэн үлэлээн бэйэ – бэйэни кытта сатаан алтыhыыны, айылҕаҕа харыстабыллаах сыhыаны иитии.
Уруок былаана:
Тэрээhин чааhа.
Саҥа теманы таhаарыы. Уруок соругун туруоруу.
Текси кытта билсиhии.
Текси кытта үлэ.
Сынньалаҥ кэмэ.
Бэлэмнэнии чааhа.
Бөлөҕүнэн үлэ.
Үлэни түмүү.
Уруок түмүгэ.
Уруок хаамыыта
Тэрээьин чаас. - Саха сиэринэн, чэйиҥ эрэ, билсиhиэҕиҥ. Мин Чурапчы орто оскуолатын С. А. Новгородов аатынан 1–кы кылаас учуутала Дьячковская Ольга Егоровна диэммин. 1. Дорооболоьуу. - Мин эьигини кытта билсиhиибин сахалыы араастаан дорооболоьууттан саҕалыыбын. Мин кэннибиттэн хатылаан иhиҥ. - Дорообо… - Утуо кунунэн… - Сана кунунэн… - Аламай манан кунунэн… - Норуон норгуй… - Утуо кун сыралынан… - Сандаархай кунунэн… - Ча5ылхай кунунэн… Түмүк: Бу тыллары эьиги эмиэ кун аайы туттарга үөрэниҥ. 2. Сана теманы таhаарыы. Уруок соругун туруоруу. - О5олоор, бугун биьиги истиэнэ хаьыатын таьаарыахпыт. - Эьиги истиэнэ хаьыатын таьаарааччыгыт дуо? - Онтон хаьыат диэн эьиги санаа5ытыгар тугуй? Хаьыат темалаах буолуохтаах, ол эбэтэр биьиги хаьыаппыт ханнык тема5а ананарын мин таабырыммын таайдаххытына билиэххит.
Тииттэн тирэхтээх тинсирики кыыл баар уьу? (ТИИН) Түмүк: Ол аата биьиги хаhыаппыт «Тиин» туьунан буолуоҕа. 3.Текси кытта билсиhии. Тииҥ туhунан хаhыаппытын таhаарарбытыгар элбэҕи билиэхтээхпит. Ол иьин «Тинсирики сүүрүүк» текси бол5ойон аа5ын. (Текси аа5ыы) 4. Текси кытта үлэ. - «Тиин» туьунан тугу биллигит? - Ханнык билбэт тылларгыт баалларый? - Тииҥи ойуулуур тыллары булаттааҥ. - То5о кэпсээн маннык ааттаммыта буолуой? - Бу кэпсээн туохха уорэтэрий? - Оссо «тиин» туьунан бэйэ5ит тугу билэ5ит? Түмүк: Тииҥ – айылҕа оҕото, баайа. - Онтон мин «тиин» туьунан оссо маны билэбин. (Слайда барар) Тас көрүҥэ. Олохсуйар сирэ. Аhылыга. О5олорун көрүүтэ. Араас дойду тииҥэ. Тииҥ араас омуктар тылларыгар. Кыhыл кинигэ. Түмүк: Тииҥ туhунан өссө да элбэҕи кинигэттэн, журналтан, интернеттэн, энциклопедияттан билсиэххитин сөп. 5. Сынньалан кэмэ. - Чэйин эрэ, сынньаныаххайын. Миигин утуктэн тиин ункуутун ункуулуоххэйин. Хамсаныылар: Сүүрүү Ыстаныы Эргичийии Хатаастыы Суунуу-тарааныы Түмүк: Элбэхтэ хамсаныҥ, доруобуйаҕытын тупсарыҥ. 6. Бэлэмнэнии чааhа. Хаьыат онорорго маннык идэлээх дьон улэлииллэр. Редактор Корреспондент Корректор Художник Журналист Түмүк: Хаhыат таhаарыытыгар элбэх киhи үлэлиир. Кинилэр үлэлэриттэн хаhыат ис хоhооно тутулуктаах. Бугун эьиги бу хаhыат улэьиттэрэ буолуоххут. Болох. Редактордар – хаьыат матырыйаалын тумэн онорооччу дьоннор. Ол иьин мин эьиэхэ матырыйааллары биэриэм, онтон эьиги «тиин» туьунан билиhиннэрэр текси оҥороҕут. Болох. Корреспонденнар – диэн анаммыт темаҕа айымньы суруйар улэьиттэр. Ол иьин эьиги «тиин» туьунан талан ылан айымньы суруйа5ыт. Болох. Корректордар – диэн ол аата хаьыакка тахсар матырыйаалы бэрэбиэркэлиир дьон. Мин эьиэхэ сыыhаны булан көннөргө сорудахтары биэрэбин. Сорудаҕы толороот, бэйэ-бэйэҕит үлэтин бэрэбиэркэлиигит. Задача Тиин 12 тэллэйи онтон ус тогул элбэх эриэхэни хаьааммыт. Ол хасааьын алта сиргэ уллэрэн уурбут. Биирдии сиргэ хастыы хасааьы уурбутуй? (12*3= 36) (36:6) Эпп: 6-лыы хасааьы уурбут. Хоhооҥҥо көппүт буукубаны туруоруу. Билгэни ситэрии Болох. Художниктар – диэн хаьыаты киэргэтэр, ойуулуур улэьиттэр. Эьиги аахпыт текскитигэр уруьуйдуугут. Түмүк: Эhиги үлэҕититтэн бүгүҥҥү хаhыаппыт ис хоhооно тутулуктаах. 7. Бөлөҕүнэн үлэ. Сорудахтары ыллыгыт, үлэҕитин толоруҥ. Улэ барар. Түмүк: Бары үлэлээтигит, үлэбит түмүгүн көрүөҕүн. 8. Үлэни түмүү. Билигин хас биирдии болох бэйэтин улэтин кордорор, кэпсиир уонна хаьыакка сыьыаран иьэр. Редактордар Корреспонденнар Корректордар Художниктар Журналист Мин – журналиспын. Журналист диэн кимий? Эhигиттэн ыйытабын: Тииҥи атыннык туох диэн ааттыаҥ этэй? Тииҥ диэн тылга ханнык даҕааhын ааттары туттуохха сөбүй? Булбут тылларгытын туhанан хаhыаппытын ааттыаҕын. Онтон мин бэлэхпин кроссворд, ребус аҕаллым. Иллэҥ кэмҥитигэр толорооруҥ. Түмүк: Үлэбит түмүктэннэ, хаhыаппыт таҕыста. 9.Уруок тумугэ. Бу уруокка тугу үлэлээтигит? Туох саҥаны биллигит? Наьаа учугэйдик улэлээтигит хаьыаппытын онордубут. Рефлексия. Мин эьигини кытта бииргэ улэлээммин астынным. Ол иьин эьиэхэ тиин бэлэхтиибин. Барытыгар улэлэстим дии саныыр буоллаххытына тииннитин уоьэ олордо5ут. Соро5отугар кытынным диэбиттэр аллараа олордоллор. Мин үлэлиир оскуолабар айыл5а харыстабылыгар о5олорго уруһуй ыытыллыбыта. Ол уруһуйдартан мин манныгы а5аллым. Тиин - айылҕа оҕото. Кинини харыстыа5ын. Көҥүлэ суох ытыман. Маһын кэрдимэн. Баһаары ыытыман. Оччо5о тииҥмит элбиэ5э. Тыабыт байыа5а, тупсуо5а. Онон кини курдук өйдөөх, сымса, билиигитинэн хаьаастаах буолун диэн ба5а санаабын этэбин. Бу курдук биьиги сахабыт кыылын-суолун харыстыа5ын. (плакаттары көрдөрүү) Тыабыт элбэх тииҥнээх, баай буоларыгар кыhаллыаҕын. Бугун миигин кытта бииргэ улэлээбиккитигэр махтанабын. Тииҥчээннэрбин бэлэхтиибин. Аныгыскы көрсүөххэ диэри! |
Билсиhии. Алтыhыы культуратыгар үөрэтии. Оҕолор интэриэстэрин тардыы, баҕаны үөскэтии. Текст ис хоhоонун кытта билсиhии. Текст Тииҥ туhунан билиини хаҥатыы. Слайд «Тиин» Тииҥ хамсаныытын үҥкүү нөҥүө тиэрдии. Музыка Хаhыакка үлэлиир дьон идэлэрин билиhиннэрии, соругу туруоруу. Карточки Бөлөҕүнэн үлэни таба тэрийии. Карточка
Текст. Хаьыатка сыьыарыы. Үлэлиир сатабылларын хонтуруоллааhын, көмөлөhүү. Үлэни түмэн, хаhыаты таhаарыы. Маркер. Ылыммыт билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Оҕо үлэтин сөпкө сыаналанарын тэрийии, айылҕаны харыстыырга ыҥырыы. Мас ойуута. Тиин ойуута. |