Ч дорҕоон буукубата
Кылаас: 1
Предмет: Букубаар
Тиэмэ: ч дорҕоон буукубата
Учуутал: Мандарова Мария Кононовна
Сүрүн сыал:
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты):
ч дорҕоон буукубатын араарыы,
ч дорҕоонноох тыллары ааҕыы,
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты):
Бэйэ аахпыты хонтуруолланыы,сыаналаныы.
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ :
Бэйэ санаатын этии. Атын оҕо санаатын истии.
Уруок тэрилэ:
Учууталга: дуоскаҕа сыстар магнитнай дорҕооннор.
Оҕолорго: тэтэрээт, боростуой, өҥнөөх харандаас, букубаар.
Үтүө күнүэн! Оҕолор биһиги өй-санаа дьарыгын саҕалыыбыт, Букубаар дьарыгын.
Эһиги санааҕытыгар үөрэнээччи дьарыкка киирэригэр тугу сатыахтааҕый?
(Оҕолор санааларын этэллэр, учуутал дуоскаҕа суруйан иһэр 1, 2 ....)
Дьарыкка учууталы сатаан истэбин
Дьарыкка илиибин уунан эппиэттиибин
Дьарык уо сынньалаҥ диэни билэбин
Дьарыкка оҕо саҥатын тулуйан истэбин
Бу этиллибити кытта ким сөбүлэһэрий? Ким дьарыгын тэрийэргэ бэлэмий?
Билигин ханнык ыйый? (тохсунньу)
Биһиги оскуолабыт сэһэнинэн ый аата – тохсунньу. Ый суолтата – инникини өтө көрүү, мин майгым – инники олоҕум. Ый суолтатын сүрүн өйдөбүлэ – саҥа саҕах арыллыыта.
Эһиги санааҕытыгар, инникини өтө көрүү диэн тугу этэллэрий?
Саҥа саҕах арыллыыта диэн туох буолуой?
Дьэ бүгүҥҥү дьарыкпытыгар саҥа саҕахтары арыйыахпыт, саҥаны билиэхпит.
Ааспыт дьарыктарга биһиги ханнык буукуба туһунан кэпсэппиппитий, туох саҥаны билбиппитий? (ҕ буукубаны үөрэппиппит, ҕ бүтэй дорҕоон, ҕ ньиргиэрэ суох, ҕ тылга хоһуласпат, ҕ тыл иннигэр уонна кэннигэр турбат, ҕ э тыл ортотугар турар)
(учуутал дуоскаҕа оҕолор эппиттэрин суруйан иһэр)
Учуутал слайд көрдөрөр. (чооруос)
Оҕолоор, бу чыычаах аатын билэҕит дуо?
Бу чыычаах аата чооруос. Кини олус кыра чыычаах. Тас көрүҥүнэн барабыайга майгынныыр. Ол гынан баран төбөтүгэр уонна түөһүгэр кыһыллаах. 4-6 сымыыты баттыыр. 12-14 күн баттаан оҕолоун таһаарар. Атыыр чооруос ас таһан оҕолорун уонна ийэлэрин аһатар. . Бу чыычаах олус кыра эрээри биһиги тымныы кыһыммытын тулуйар. Манна Саха сиригэр кыстыыр.
Тэтэрээккэ үлэ. Чооруос диэн тылы ырытыы.
Тэтэрээппитин арыйабыт, чыыһылабытын суруйабыт. Үлэбит хаамыытын бэлиэтиибит.
Чооруос диэн тыл схемата. Оҕо тахсан дуоскаҕа үлэлиир. Олорор оҕолор ыйытыы биэрэллэр.
Чооруос диэн тыл модела. Оҕо тахсан дуоскаҕа үлэлиир. Олорор оҕолор ыйытыы биэрэллэр.
Бэчээтинэй сурук. Оҕо тахсан дуоскаҕа үлэлиир. Олорор оҕолор ыйытыы биэрэллэр, санааларын этэллэр.
Суругунан суруйуу. Оҕо тахсан дуоскаҕа үлэлиир. Олорор оҕолор ыйытыы биэрэллэр, санааларын этэллэр.
Оччоҕо биһиги бүгүн туох саҥаны билэбитий? (һ буукубаны үөрэтэбит)
Физминутка. (Тылчаан уол)
Оҕолоор, ч буукуба элбэх кистэлэҥнээх эбит. Ол кистэлэҥин билиэххитин баҕараҕыт дуо?
ч буукубалаах тыллары ким миэхэ толкуйдуой? (оҕолор эппиттэрин учуутал дуоскаҕа суруйан иһэр)
Холобура: чороон, чааскы, чыычаах, чуораан
Болҕойон көрүөххэйин эрэ, ч буукуба туһунан бу тыллартан ким тугу этиэҕэй? ч буукубам кистэлэҥэ бу тылларга барыта саһа сылдьар, ким таайыай?
ч тыл иннигэр турар эбит
һ тыл ортотугар турар эбит
ч тыл бутэһигэр турбат эбит
һ хоһулаһар эбит
һ ньиргиэрэ суох эбит
Аны бу тылларбытын сүһүөххэ араарыаххайын. Бастакы тылы ким тахсан сүһүөххэ араарыай? (оҕолор дуоскаҕа үлэлииллэр)
Бүгүҥҥү дьарыктан ким туох саҥаны биллэ?
Ким бэйэтин үлэтиттэн астынна? Кэлэр дьарыкка ханнык сатабылбытын сайыннарыахпытый? (һ дорҕоон буукубатын суруйа үөрэниэхпит)
Дьарык бүттэ. Сарсын көрсүөххэ диэри!